У нас вы можете посмотреть бесплатно Саргылана Гольдерова - Саргы Куо: "Таптал Айыы тыыннааҕын Семен Капитонов поэзиятыгар арыйбытым"🥰🤗😘 или скачать в максимальном доступном качестве, которое было загружено на ютуб. Для скачивания выберите вариант из формы ниже:
Если кнопки скачивания не
загрузились
НАЖМИТЕ ЗДЕСЬ или обновите страницу
Если возникают проблемы со скачиванием, пожалуйста напишите в поддержку по адресу внизу
страницы.
Спасибо за использование сервиса savevideohd.ru
"Биһиги дойдубут ырыа куттаах, дьикти поэзия эйгэлээх буолара Семен Капитонов хоһоонноругар эмиэ арыллар", - диэн этэр киэн туттар биир дойдулаахпыт, СР культуратын үтүөлээх үлэһитэ, поэт Саргылана Гольдерова - Саргы Куо. "Сэмэн дьоллоох киһи. Кини өбүгэтиттэн кэлбит тылын баайын хаҥатан, бэйэтин таптыыр дойдутугар олорон, өссө ол тапталыттан саҕыллыбыт иэйиитинэн хоһоон суруйан, аны ол хоһоонноро 100-чэкэ ырыа буолан кынаттанан көтөн, бэйэтэ биллиилээх бэйиэт буолан биһирэнэн, кини ырыалара дьоҥҥо-сэргэҕэ уйаланан, этэргэ диэри билигин Амма сирэ-уота кини ырыаларынан тырымныы сыдьаайар. Кини чахчы дьылҕа бэлэҕэ. Бу биһиги Аммабытыгар, Амма курдук уран куттаах, бэйэтэ улуу поэзия сиэркилэтэ буолар айылгылаах дойдуга ананан-минэнэн кэлэн, бу сири-уоту таптаан, бу дойдуну хоһуйан, хоһоонноро сүрдээҕин иччилэнэн, иэйиилэнэн, төлөннөнөн, үксүлэрэ ырыа буолан кынаттанан көтөн барбыттара. Кини Ийэ Сири, айылҕаны кытта наһаа ситимнээх лирик-поэт быһыытынан сулустуу суһумнаан тахсыбыта". Түгэнинэн туһанан, Семен Капитонов хоһооннорун уус-ураннык ааҕан биэриилэрбитин киэргэппит Мээндигитээҕи модельнай библиотека иһинэн үлэлиир "Чараҥ" литературнай түмсүү чилиэннэригэр, салайааччы Матрена Николаевна Захароваҕа уонна кэрэ куоластаах Абаҕатааҕы "Кыыс Амма" ырыа ансаабылын салайааччытыгар Екатерина Семеновна Яковлеваҕа махталбытын биллэрэбит. Автор Вера Иванова #амга #амма #поэт #республикасаха #саргыкуо #семенкапитонов #поэзия #сахасуруйааччыллара #писателиякутии #соморсун #мээндиги #абаҕа